Перейти к содержанию

Аҕыйах ахсааннаах омук тылынан тахсар сонуну сэргиир дьон баар дуо?

Материал из Викиновостей, свободного источника новостей
Атын тылынан: саха тыла • русский

17 марта 2016 года

Өксөкүлээх Киинэ. «Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ уонна олохтоох омуктар. Өрөспүүбүлүкэ уопута» диэн төгүрүк остуол кэмигэр. 2016 сыл кулун тутар 16 күнэ.
В этой статье упоминается Фонд Викимедиа, какой-либо из его проектов или люди, имеющие к ним отношение. Викиновости — один из проектов Фонда Викимедиа.

2016 сыл кулун тутар 16 күнүгэр IV Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо Дойдутун прессата-2016» бэстибээлин иһинэн «Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ уонна олохтоох омуктар. Өрөспүүбүлүкэ уопута» диэн ааттаах төгүрүк остуолу «Илкэн» хаһыат тэрийэн ыытта. Манна суруналыыстар, ситэриилээх былаас бэрэстэбиитэллэрэ, учуонайдар, уопсастыбаннай диэйэтэллэр уонна Ил Түмэн дьокутаата кытыннылар.

Мунньаҕы, СӨ суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарёва бэстибээл туһунан кылгастык кэпсээн, арыйда. «Илкэн» тутаах эрэдээктэрэ Валентин Христофоров хаһыат 5 аҕыйах ахсааннаах омук тылынан матырйааллары бэчээттиир ханна да суох таһаарыы буоларын эттэ.

«Илкэн» тутаах эрдээктэрин солбуйааччы уонна «„Дялит“ СӨ ААО Биллэрэр быраап киинэ» түмэт тэрилтэ салайааччыта Андрей Исаков ыаллыы эрэгийиэннэргэ аҕыйах ахсааннаах омуктар хаһыаттара сабылла турарын кэпсээтэ. Кини этэринэн, оннук хаһыаттар бэдэрээссийэ аҕыйах субьегар хаалбыттар Ямаалга, Юграаҕа, Карелияҕа, Бурятияҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна өссө биир-икки сиргэ. Бу таһаарыылар араас ыарахаттары көрсөллөр, онтон сүрүннэрэ идэтийбит үлэһит тиийбэтэ буолар. Холобура, Бүрээтийэҕэ соторутааҕыта эбэҥки тылынан тахсар «Биракан» араадьыйа эрэдээктэрэ биэнсийэҕэ барда, кинини толору солбуйар киһи суох. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тахсар «Илкэн» хаһыат уонна «Геван» теле-араадьыйа устуудьуйа улахан сүтүгэ суох баччааҥҥы диэри үлэлээн кэллилэр. Ол төрүөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ ылыныллыбыт аҕыйах ахсааннах омуктар иһитиннэ.рэр-биллэрэр эйгэлэрин төйүүр туһунан сокуон буолла диэн этэр суруналыыс. Ол эрээри, кини этэринэн, сокуон инньэ 2011 сыллаахха ылыныллыбытн үрдүнэн, Бэчээт дэпэртээмэнигэр саҥа хаһыаты, сурунаалы, биэриини өйөөҥ диэн биир да көрдөбүл киирбэтэх.

Салгыы тылы Хотугулуу-илин омуктар тылларын уонна култуураларын институутун устудьуона Марина Безносова ылла. Кини Хабаровскай кыраай Аарка бөһүөлэгиттэн сылдьар, хотугу филология хаапыдыратыгар үөрэнэрин таһынан кэрэспэдьиэнниир эбит, эбээннии үчүгэйдик билэр. Марина бэйэтин холобуругар көрдөрөн манныгы кэпсээтэ: суруйуон баҕарар киһи тылы билэр да буоллаҕына суруналыыстыкаҕа билиитэ тиийбэт диир. Университекка аҕыйах ахсааннаах омуктарга аналлаах үөрэх суох диэтэ, тылы үөрэтэр кэммэр таарыйа суруналыыстыкаҕа билии ылан кэбиһиэм этэ да, оннук кыаҕы миэхэ биэрбэттэр диэтэ.

Маны ХИФУ суруналыыстыка факультетын дэкээнэ Олег Сидоров быһаарда: устудьуон аҕыйах буоллаҕына анал факультатив оҥорор кыаллыбат, ол эрээри кыһалҕаны атыннык быһаарыахха сөп диэтэ. Аҕыйах ахсааннаах омуктартан бэрэстэбиитэллэри эһиилги үөрэх дьылыгар магистратуураҕа ылыахха сөп этэ, онно кини үс хайысхаҕа 3 миэстэни биэриэн сөбүн эттэ: «Периодика бэчээтэ», «Масс-медиа тыла уонна истиилэ» уонна «Бэлиитикэ суруналыыстыката».

Хотугу филология хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ Варвара Белолюбская эбээн тылын таба суруйуутугар баар мөккүөр суруналыыстыка сайдыытын атахтыырын эттэ. Салгыы эбэҥки тылын билээччи ахсаана аҕыйаҕар тохтоото. Ону таһынан хаапыдыра иһинэн эбээн тылын үөрэтиигэ өрөбүллээҕи оскуола аһыллыбытын эттэ.

Вячеслав Шадрин, дьүкээгир омугун бас-көс киһитэ сахалыы уонна нууччалыы тахсар хаһыаттарга, сурунаалларга, биэриилэргэ аҕыйах ахсааннаах омуктар тустарынан кэпсиир матырыйааллар аҕыйахтарын эттэ. «Аҕыйах ахсааннаах омуктар» диэн тиэрмини «кыра омуктар» диэн эргэрбит тиэрмининэн солбуйуу билигин да баарын кэпсээтэ, суруналыыстар манна болҕомтолорун ууралларыгар ыҥырда. Аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан суруйар, кэпсиир суруналыыстары өйүүр туһуттан суруналыыстыкаҕа Степан Егорович Дадаскинов аатынан бириэмийэ олохтуур туһунан тыл көтөхтө. Маны таһынан Вячеслав Иванович саҥа технологияны киэҥник туһанарга ыҥырда, бэйэтин уопутун кэпсээтэ, «Биики сонун» диэн элбэх тылынан тахсар аһаҕас медиа-ресурска болҕомто уурар туһунан эттэ.

Ил Тумэн дьокутаата Елена Христофорова суруналыыстары бэйэлэрин көхтөөхтүк үлэлииргэ ыҥырда, ким да бэлэми биэрбэтин эттэ, Өлөөн улууһугар эбэҥки суруналыыстара ситиһиилээхтик үлэлииллэрин холобурдаата.

Гражданскай институуттары сайыннарар министиэристибэттэн миниистири солбуйааччы Лена Иванова «Илкэни» уонна «Геваны» судаарыстыба өйүүрүн санатта, уонна эбии үбү бырамыысыланнай хампаанньалартан көрдүөххэ сөбүн ыйда.

Биллиилээх түмэт диэйэтэлэ Августа Марфусалова заһыат маассалары салайар эрэ буолбакка, омук быһыытынан бэйэни сананыыны сөргүтэр тэрил буолар диэтэ. Аҕыйах ахсааннаах омуктар Ассоциациялара элбэх тэрээһиннэри ыытарын, ону суруналыыстар нууччалыы да, сахалыы да элбэхтик сырдаталларыгар баҕатын эттэ.

Бэйэлэрин санааларын аҕыйах ахсааннаах омуктарга боломуочунай, НВК «Саха» Үөһээ Дьааҥытааҕы уонна Өлөөннөөҕү салааларын дириэктэрдэрэ, уонна Уус-Маайа улууһуттан олохтоох хаһыат эрэдээктэрэ эттилэр.

НП «Викимедиа РУ» Саха сиригэр бэрэстэбиитэлэ, СӨ Тыл Сэбиэтин чилиэнэ Николай Павлов Биики Сонун диэн бырайыак туһунан кэпсээтэ. Интэриниэт ситимигэр үлэлиир иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэр күүстээх өрүттэригэр тохтоото.

Төгүрүк остуол түмүгэр араас судаарыстыба уорганнарыгар, тэрилтэлэргэ эрэкэмэндээссийэлэри ыытарга уураахтаатылар. Эбии аҕыйах ахсааннаах омуктарга ыҥырыы ылынар туһунан быһаардылар. Мунньах кыттыылаахтара сотору-сотору маннык көрсүһүүлэри оҥорор туһалааҕын бэлиэтээтилэр.

Төрдө

[править]
Биики-сонуҥҥа анаммыт эрэпэртээс
Биики-сонуҥҥа анаммыт эрэпэртээс


Бу эрэпэртээс Биики-сонуҥҥа эрэ анаан оҥоһуллубут.

Сонун хантан ылыллыбыта суруллубатах буоллаҕына, ол аата ааптар бэйэтэ билбитин-көрбүтүн суруйбут. Ким суруйбутун билиэххин баҕарар буоллаххына ыстатыйа устуоруйатын көрүөххүн сөп: онно суруллубут бастакы киһи - сонун ааптара. Өскөтө сороҕун суруйбатах буоллаҕына эбэн биэр. Кэм ааспытын кэннэ туох эрэ уларыйбыт буоллаҕына саҥа чахчылары саҥа ыстатыйаҕа суруй. Ыйытыылаах буоллаххына кэпсэтэр сиргэ суруй.

Комментарии[править]

Викиновости и Wikimedia Foundation не несут ответственности за любые материалы и точки зрения, находящиеся на странице и в разделе комментариев.